- Информация о материале
- Автор: Super User
- Категория: Орденоносцы наслега
- Просмотров: 759
Уордьаннаах ньирэй көрөөччү
Ийэм, Гоголева Парасковья Васильевна, 1917 сыллаахха Найахы нэһилиэгэр төрөөбүт.
Биһиги ийэбит үлэһитин туһунан киһи барыта сөҕө-махтайа кэпсээччи. Үлэлээбит улэтигэр барытыгар ситиһиилээх буолара, ол курдук улэтигэр ис сурэ±иттэн сыһыанна´ара. Биһиги өйдүүрбүт тухары кини сүнньүнэн хотон үлэһитэ – ынах ыабыта, сибиинньэ, ньирэй көрбутэ. Ньирэй наһаа өлөрүн иһин кинини ол үлэҕэ анаабыттара, олус кыһаллан үлэлиирэ, кини ньирэйдэрэ, торбосторо торолуһан дьүһүннүүн-бодолуун атын этилэр, оннук уойаллара-тотоллоро. Үлэ Кыһыл знамята уордьан ылар чиэстэммитэ. Эрдэ үс оҕолоох огдообо сылдьар кэмигэр нэһилиэгэ көмөлөһөн кэриэтэ интэринээккэ повардаппыт эбит. Ол кэмин олус да учугэйдик саныыра, онно киниэхэ аһаабыт оҕолор кинини “маамабыт” диир буолар этилэр, ол кэмҥэ оскуолаҕа Дмитрий Дмитриевич Петров, Иван Березкин эҥин, кэлин республикаҕа улаханнык биллибит дьон кэлэн улэлии сылдьыбыттар этэ. Кинилэри кытта кэпсэтии, кини киһи быһыытынан сайдарыгар кыах биэрбиттэр. Ийэм бэйэтэ аһары кэпсээнньитэ суох эрээри дьону сатаан истэрэ, эбии сыһыаннаах баҕайы боппуруос биэрэн, тугу эрэ кыратык эбэн кэпсэтиини таһаарара, ол иһин ити олох үөрэҕэ суох дьахтары кытта ханнык баҕарар ыалдьыт-хоноһо ирэ-хото кэпсэтэн, бэйэтэ тугу билэрин-билбэтин тоҕо тэбээн ааһара. Онтон саҥа сүүрээн кэлэн сибиинньэ иитэр суолга туруммуттара. Анал сибиинньэ хотоно тутан онно ийэбитин үлэлэппиттэрэ. Аһары да улахан сибиинньэлэр баар буолар эбит этилэрэ. Убайбынаан 5-6 кылаас оҕолоро элбэхтик көмөлөһөрбүт. Ийэбит “икки хонтуоралаахпын” диэн холкуоһун, дьиэтин хотоннорун кэпсиирэ, кинини кэтэһэр-манаһар, илиитэ-атаҕа туохха хамсыырын ааҕа билэр сүөһүтэ икки “хонтуоратыгар” элбэх буолааччы. Кини хотонугар киирдэ да сэргэхсийии буолар. Бииргэ үлэлиир дьүөгэлэрэ эмиэ астынар этилэр, наада буоллаҕына солбуйсаллара, урут-хойут кэлэллэрэ-бараллара. Ити көлүөнэ дьон бары элбэх оҕолоох-уруулаах дьон этилэр. Ньирэй көрөрүгэр кыра кыргыттар Вералаах Лиза улаатан илии-атах буолбуттара, сайынын 2-3 кылаастан бэйэлэрэ анал көрөр ньирэйдэммиттэрэ, оройуоҥҥа биллэр ньирэй көрөр оҕолор этилэр. Биир сайын Бэкэрээйигэ олордохпутуна хас да ньирэйэ өлөн хааллылар, аһыы от сиэбиттэр диэн буолла. Атыттарын ийэбит бэйэтин ынаҕын үүтүн иһэрдэ-иһэрдэ харса суох сүүрдэн быыһаата, үллэ быһыытыйбыт истэригэр шприц иннэтин анньара, тууһа суох рис уутун иһэрдэрэ, от түгэҕин оргутан эбии аһылык оҥорор этэ. Ньирэйдэрэ сайын устата аһары төлөһуйэллэрэ, биһиги көмөлөһөр дьон эмиэ олус астынар этибит. Оччолорго уотурбаны харса суох сиэтэрбит. Олох кэлин пенсияҕа тахсан да баран, ыарытыйар эҥин эрээри, дьиэтин хотонугар сопхуос 5-6 куһаҕан туруктаах ньирэйдэрин ылан туруоран сыл таһааран биэрэрэ.
Ийэм улэлиир кэмигэр араас эдэр дьоннор ананан кэлэллэрэ- зоотехниктар, ветеринардар, биригэдьиирдэр – бэрт сотору билсэллэрэ уонна киниттэн элбэх сµбэни-аманы ылаллара, төһүү үлэһиттэрин тылын ылыналлара, олохтоох усулуобуйаҕа түргэнник үөрэнэллэрэ. Үлэлээн бүтэн үксүн үрдээн бараллара уонна өргө диэри махтанан суруйаллара, кэллэхтэринэ хайаан да ыалдьыттаан ааһааччылар. Биһиги ийэбит 1981 сыллаахха өлбүтэ, кини туһунан өйдөбүл биһиэхэ эрэ буолбатах нэһилиэк дьонугар кытта сылдьар. Кини таһаарыылаахтык улэлээбит сайылыгар “Орто эбэҕэ” аатын биэрбиттэрэ, онтон 1996 сылтан оҕолоро Үлэ Кыһыл знамята уордьаннаах ньирэй көрөөччү Гоголева П.В. аатынан сылга биирдэ бэриллэр бириэмийэ анаабыппыт, ол лауреттарынан кини аатынан ферма бастыҥ улэһитэ – Дьяконова Ирина Афанасьевна уонна Сивцев Афанасий Яковлевич буолбуттара.
Парасковья Васильевна оҕолоро – икки кыыһа - Гоголева Парасковья Алексеевна уонна Федорова Елизавета Дмитриевна ХИФУ ЕНИ экология кафедратын улэһиттэрэ, Вера Дмитриевна – Уус Алдан ветстанциятын улэьитэ, уола Дмитрий Дмитриевич кэргэнинээн Антонина Егоровналыын үс оҕолоох ийэлэрин дьиэтин салҕаан нэһилиэктэригэр улэлии-хамсыы, суеһу-ас ииттинэн бары аймахтарга төһүү күүс буолан олороллор. Кыра уола Прокопий Дмитриевич кэргэнинээн Туйаара Даниловналыын Дьокуускай куоракка олороллор, үс уол оҕону улаатыннараллар. Олох салҕанар, ийэбит Гоголева П.В. сырдык мичээрэ, үтүө аата көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ ааттаныа.
Гоголева П.А.
ХИФУ профессора
2014 сыл
- Информация о материале
- Автор: Super User
- Категория: Орденоносцы наслега
- Просмотров: 768
Уордьаннаах осеменатор
Киһиэхэ биирдэ бэриллэр олоҕу бүүс-бүтүннүүтүн тыа хаһаайыстыбатын курдук уустук салааҕа анааһын бэйэтэ туһугар хорсун быһыы. Оттон биир атылыы усулуобуйаҕа бииргэ үлэлиир табаарыстарыттан ойуччу үрдүк көрдөрүүнү ситиһэр буоллаххына дьон-сэргэ убаастабылын, болҕомтотун, билиниитин ылаҕын.
1967 сыллаахха Татьяна Егоровна Фомина Саха АССР 7-с ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан талыллан, быыбардааччыларын итэҕэлин үтүө суобастаахтык толорбута. Кини олорбут, үлэлээбит олоҕо эдэр дьоҥҥо холобур эрэ буолуон сөп. Татьяна олох эдэр сааһыттан сүөһү иитиитигэр эриллэн үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитинэн барбыта. Ол курдук, 1956 сыллаахха саҥа төрөөбүт ньирэйдэри көрөн, биири да энчирэппэккэ оҕолуу бүөбэйдээн барыларын тыыннаахтыы иитэн, хас биирдии ыччат сүөһү тыыннаах ыйааһына сууккаҕа 700 грамм улаатарын ситиспитэ. Эдэр сүөсүһүт үлэҕэ бастакы сэмэй олугу уурунуута саҥаттан саҥа ылылла илик кирбиилэргэ кынаттаабыта. Кини ЫБСЛКС обкомун бочуотунай грамотатынан, 1963 с. РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин «Социалистическай куоталаһыы туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
1974 сылтан Мархаҕа техник-осеменатордар 6 ыйдаах куурустарыгар үөрэнэн бүтэриэҕиттэн ыла Татьяна Егоровна хаһаайыстыба биир эппиэттээх учаастагынан буолбут ынахтары искусственнай ньыманан сиэмэлээһин курдук эппиэттээх үлэтин саҕалаабыта. Салалта элбэх сүөһүлээх Буксуур ыанньык ферматыгар техник-осеменаторынан анаабыта. Ол саҕана бу фермаҕа 12 ыанньыксыт биирдии бэйэлэрэ 20-25-тии ынаҕы ыыллара. Саҥа үлэлээн эрэр киһиэхэ 250 ынаҕы сиэмэлииргэ сорудах тиэрдиллибитэ. Хайа күн үлэлиэҕиттэн осеменатор сарсыарда эрдэттэн ыанньыксыттары кытта тэбис-тэҥҥэ хотоҥҥо сылдьыһара. Хас биирдии ынах көҕүйүүтэ киириитин кэтээн көрөн быһаарар, куоттарбакка сиэмэлиир. Ыанньыксыттар кинилэр үлэлэриттэн итэҕэһэ суох олус эппиэтинэстээх үлэлээх осеменаторы убаастыыр, тылын истэн көҕүйбүт ынахтарын бириэмэтигэр сиэмэлэтэр буолбуттара. Ити сыл тус үлэтигэр кыһамньылаах, дьулуурдаах үлэһит бастакы кыайыытын ситиспитэ. Сыһыарыллыбыт ынахтара 92 % ууланалларын хааччыйбыта.
Уустук уонна эппиэттээх үлэ салаатыгар уопуттаах сүөһү иитээччи, техник-осеменатор идэтин туйгуннук баһылаан 1976-80 сылларга биэс сыл субуруччу «Оройуон чемпионун» аалай кыһыл лиэнтэтин кэтэр чиэскэ тиксибитэ. Улуус, республика чулуу осеменатора Татьяна Егоровна 1979 сыллаахха сыһыарыллыбыт ынахтарын 97% ууланнаран, республикатааҕы куоталаһыыга бастаабыта. Үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин иһин Бүтүн Союзтааҕы Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатын боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Республика хас да төгүллээх чемпион осеменатора үлэҕэ ситиһиитэ «Үлэҕэ килбиэнин иһин», «Килбиэннээх үлэтин иһин. В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээн» мэтээллэринэн, Үлэ Албан Аата II, III истиэпэннээх уордьаннарынан бэлиэтэммитэ.
Сивцев Василий Васильевич.
Үлэҕэ анаммыт олох: очеркалар.- Дьокуускай: Компания «Дани Алмас», 2009.-36-44сс.
- Информация о материале
- Автор: Super User
- Категория: Орденоносцы наслега
- Просмотров: 768
Бастыҥ бороон төлөһүтээччи
Екатерина Федоровна ураты кэрэ айылҕалаах, иэгэйэр икки атахтаах сөбүлээн олохсуйбут Быдьына алаас арҕаа бас халдьаайытыгар Дьяконов Федор Иосифович – Кууктаан дьиэ-кэргэнигэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүт. Аҕата Ф.И. Дьяконов – кыһыл бартыһаан. Нам улууһугар буолбут Бартыһаан уонна Киллэм сэриилэригэр хорсуннук сэриилэспитин туһунан «Хотугу сулус» сурунаалга ыстатыйа тахсыбыта.
Екатерина Федоровна Найахы нэһилиэгиттэн харыс да сири халбарыйбакка пенсияҕа тахсыар диэри ыччат сүөһүнү төлөһүтээччинэн биир күн өрөөбөккө үлэлээбитэ. 1971-74 сылларга «Коммунизм» холкуос миллионер холкуостар ахсааннарыгар киирбитэ. Көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамя нэһилиэккэ үйэ-саас тухары хаалларыллыбыта. Ити сылларга Найахы 1-гы №-дээх биригээдэтэ сууккаҕа ньирэй 688 грамм эбиллэрин ситиспитэ. Екатерина Федоровна 50 төбө ньирэй сууккаҕа 830 грамм эбиллиитин ситиһэн, биир бороон орто ыйааһынын 195 кг, тириэрдибитэ. 1972-73 сыллаах кыстык түмүктэринэн оройуоҥҥа социалистическай куоталаһыыга кыайан, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаны ылар чиэскэ тиксибитэ. 1975 сыллаахха кыстык ыйдарыгар 540 грамм сууккатааҕы
эбиллиини ылан, былаанын 155,63% толорон, оройуоҥҥа «Бастыҥ ньирэй төлөһүтээччи» аатын ылбыта.
Екатерина Федоровна, пенсияҕа тахсан да баран, үлэттэн илиитин араарбатаҕа, мөлтөх туруктаах борооскулары хотонугар көрөн, 100% тыыннаахтыы иитэн сопхуоһугар туттарара. Румянцева Мария Ивановна, Васильева Феврония Алексеевна, Ушницкая Ирина Степановна уонна кини буоланнар 350 миэстэлээх
комплекс хотон тэлээтинньигин өттүгэр сүрдээх эйэлээхтик, өрө күүрүүлээхтик үлэлээбиттэрэ, бэйэлэрин баай уопуттарыгар үгүс эдэр бороон көрөөччүлэри уһуйбуттара. Ол курдук, нэһилиэк Сивцев Афанасий Яковлевич, Дьяконова Ирина Афанасьевна, Свешникова Акулина Ивановна уо.д.а. ааттарынан киэн туттар.
Мухин Р.Р.
2011 сыл
- Информация о материале
- Автор: Super User
- Категория: Орденоносцы наслега
- Просмотров: 767
Кылааннаах түүлээҕи иитээччи
Килиэккэлээх кыылы иитиинэн дойдубар, Найахыга 1953
сылтан үлэлиибин. 1956 сылтан «Коммунизм» холкуоска саһылы
иитэр фермаҕа сэбиэдиссэй быһыытынан үлэбин саҕалаабытым.
Бастаан утаа фермабытыгар 20 төбө кырымахтаах хара саһыллаах
этибит. Үлэбитин сыыйа сөбүлээн, саһылларбытыгар убанан сылтан
сыл ахсын элбэтэн испиппит. Хаһан баҕарар саҥа үлэҕэ бастакы
саҕалааһын ыарахаттардаах буолар. Хаһаайыстыбабыт туруга
мөлтөх этэ. Сиргэ турар улахан уйаҕа саһылларбытын көрөрбүт.
Кыылларбытыгар күннээҕи аһылык састаабын тутуһа сатыырбыт.
Сайынын үксүн балыгынан аһатарбыт. Саптарыы, төрөтүү
хампаанньаларыгар, түүлэрэ ситэр кэмнэригэр аһылыктарын
кичэйэрбит, эбии битэмииннэри сиэтэрбит. Онон түүлээхпит хаачыстыбата куһаҕана суоҕа»,
- диэн ахтар Сивцев Иван Петрович.
Үөрэннэххэ сатаныыһы диэн өйдөбүлүнэн салайтаран И.П. Сивцев 1975 сыллаахха
Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн зоотехник идэтин ылар. Дьэ, бу
кэмтэн ыла хас биирдии саһылы зоотехническай ирдэбиллэри туһанан аһатыыны, көрүүнү-истиини тэрийбит. Кыыллар хааннарын уларытыыга улахан болҕомтотун уурбут. Сөп буола-буола саҥа боруода саһыллары аҕалтаабыт. Ферматыгар Москва аннынааҕы
хаһаайыстыбалартан тиийэ атастаһа сылдьыбыт.
Иван Петрович үтүө сааһын кырымахтаах хара саһылы иитиигэ анаабыта. И.П. Сивцев
өр сыллаах үтүө суобастаах, үрдүк таһаарыылаах үлэтэ дьиҥ-чахчы сөптөөхтүк
сыаналаммыта. 1965 сыл түмүгүнэн ийэ саһылы 100% тыыннаахтыы ииппитин, 4 -түү оҕону
энчирэппэккэ ылбытын иһин «Бочуот Знага» уордьанынан наҕараадаламмыта. Кыылы
иитии кылаастаах маастара үөрүөн үөрбүтэ, мэктиэтигэр дуулаҕа күүһүгэр эдэрдии
эрчимнээх күүс киирэргэ дылы буолбута, саҥа ситиһиллэ илик кирбиилэри ыларга
эрчимнээх хорсун санаа киирбитэ. Бу буолар ситиһиилээх үлэ сыанабыла диэн.
Сивцев Василий Васильевич.
- Информация о материале
- Автор: Super User
- Категория: Орденоносцы наслега
- Просмотров: 816
Гоголев Иван Иванович II – Дыргыабай
Кини уопсайа 4 холкуоска – Тэбиик нэһилиэгэр «Сонун олох», Найахыга «Кыһыл Буксуур», «Кыһыл Сардаҥа», Чэриктэй нэһилиэгэр «Социализм суола» холкуостарга 16 сыл үлэлээбит, бэрэссэдээтэллэртэн саамай үөрэҕэ суохтара, нэһиилэ үс буукубанан илии эрэ баттыыр, ол эрээри саамай чаҕылхайдара буолар. Кинини ыччаттар бэйэтин дьиэтин аан маҥнайгы оскуола аһыллыытыгар туран кыстаабыт киһинэн билэр буолуохтааххыт. Биһиги кини олоҕун историятыгар манна сиһилии тохтообоппут. Ол туһунан маҥнайгы кинигэбит: «Кыымҥа кыым, төлөҥҥө төлөн буолан кыттыһан» диэҥҥэ 87-89 сирэйдэригэр суруллан турар. Иван Иванович 1937 сылтан 1941 сылга диэри хаалыылааҕынан оройуоҥҥа биллибит «Сонун олох» холкуоһу өрө тардыыга үлэлээн, кырдьык даҕаны, хаалыыттан таһаарбытын быһыытынан 1942-45 сс. «Кыһыл Буксуур» холкуоска бэрэссэдээтэлинэн үлэлэтэллэр. Дьэ ити сут-кураан муҥутаан кыһарыйбыт, уоттаах сэрии саамай дириҥээбит сыллара этилэр. Кини онтон чаҕыйбакка үлэлээн-хамсаан барбыта уонна бу эмиэ хаалан испит холкуоһу өрө тарпытын ааһан, үүт ыаһыныгар оройуоҥҥа бастыҥ, республикаҕа биллэр холкуоһунан оҥорбута. Сүөһү иитиитин хас да маастарын иитэн таһаарбыта, ол курдук ферма сэбиэдиссэйэ, эмиэ дуона суох үөрэхтээх Гоголева Анастасия Ильинична, кэлин сүөһү иитиитин маастарынан ыаллыы Баатаҕай нэһилиэгэр ананан үлэлии сылдьыбыта.
Иван Иванович өлбөт-сүппэт үтүөтүнэн сут-кураан содулун таба өйдөөн, холкуостаахтарын аһылыгынан хааччыйыыга сүрүн болҕомтотун уурбута буолар. Оччотооҕу дьон бары да хобдох олохтоохторо, ол иһин дьоннорун өрүү кэрийэн билэ-көрө сылдьан, саамай буорайан эрээччилэргэ көмөлөһө сатыыра. Кыһынын күөллэргэ балыктааһыны тэрийэн, государствоҕа туттарыллар балыктан ордорон, үлэһиттэригэр түҥэтэрэ. Сайынын кырдьаҕас оҕонньотторунан илимнээһини, туулааһыны, ардьалааһыны тэрийэн от, бурдук үлэтигэр сылдьар, аһыыр айахтарын да хааччынар солото суохтарга быһаччы тиэрдэн, эбии аһылык быһыытынан хааччыйара. Сайынын өссө холбуур үүтү тохторбокко, аһытан тар оҥорон хаһааннарара. Сүөһү араас ис буотараҕын, сиэмэ атаҕын кыаммат уонна элбэх оҕолоох, үлэни кыайбат дьонноругар түҥэтэрэ, тохтубут сиэмэни бааһынаттан ичигэстээн туһаналларын көҥүллүүрэ.
Оччотооҕу кэмҥэ бэл бэйэҥ кэтэх сүөһүгүн сиириҥ көҥүллэммэтин үрдүнэн, саамай ыксаллаах түгэннэригэр үс ынаҕы уонна сылгыны өлөрөн холкуостаахтарыгар сиэтэн, бэйэтин тыынын да толук уурарга бэлэмин көрдөрбүтэ. Ону кимнээх эрэ махтаналларын оннугар тыллаан биэрэннэр, партия оройуоннааҕы комитета, ис дьыала отдела элбэхтик ыҥыран үлэтиттэн аралдьытары таһынан, дьыала тэрийэн эриир бөҕөтүн эрийбиттэрэ. Онтон киһитэ кини буолан, сууттаммакка хаалбыта. Кини урут суруллубутун курдук, атын холкуостары өрө тардыыга 25 тонна оту чэпчэки сыанаҕа атыылааһына, холкуоһугар 30 сүөһүнү атыылаһан хаһаайыстыбаны хаҥатыыта бука аахсылыннаҕа буолуо.
Тус бэйэтэ тугу эмэ туһаныахтааҕар буолуох, кэтэх сүөһүтүн куоракка киллэрэн атыылаан, туох баарын барытын туран биэрэн, оборона фондугар заемҥа хас сыл аайы суруттарарын таһынан, биир сыл 10 тыһыынчаны биирдэ суруттаран, тута ууран биэрэн ыҥырыы таһаарбыта. Иван Иванович ити кэнниттэн «Кыһыл Сардаҥа» холкуоска 1949 сылга диэри бэрэссэдээтэллээбитэ.
«Дыргыабайынан» бар дьонугар аатырбыт чаҕылхай киһибит, дьиҥинэн, тус бэйэтин олоҕо чэпчэкитэ суоҕа. Соҕотох уол оҕолооҕо – Федот Иванович, нэһилиэк биир эмиэ киэн туттар киһитэ тахсыахтаах ыччат, талааннаах суруналыыс 1943 сыллаахха охсуһуу толоонугар охтубута. Кырдьаҕас тиһэх дьолугар аймахтарыттан ылан ииппит кыыһа Анна Ивановна (кэлин Румянцева буолта) бэртээхэй үлэһит, самодеятельность актыбыыһа, үтүө майгылаах киһи буолан бүөбэйдэһэн кырдьаҕаһы 84 сааһыгар тиэрдиһэн 1972 с. олунньу 17 күнүгэр уҥуох туппута.
1995 сыл
Сивцев С.К.